Олонхо аартыгын арыйан
Сэтинньи ый 26 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Декадатын чэрчитинэн, Дьокуускай куорат оскуолаларын икки ардыгар «ОЛОҤХО ААРТЫГЫН АРЫЙАН» оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах (6-11 кылаастарга) научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Дьокуускай куорат 7-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Олоҥхо билим-чинчийэр институтутун уонна Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна культураларын институтун кытта тэрээһин ыытылынна. «Тыыннаах тыл» бырайыак иһинэн «Чинчийии» муодул үлэтин сүрүннэһэр, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо билим-чинчийэр институтун кытта куорат оскуолалара бииргэ үлэлэһиилэригэр саҥа суоллары торумнаһар, саха омугун эпическэй айымньытын – олоҥхону үөрэнээччилэр чинчийэр, учууталлар үйэтитэр үөрүйэхтэрин сайыннарар туһунан санаа атастаһар, сүбэлэһэр сыаллаах-соруктаах үлэ тэрилиннэ.
Куорат оскуолаларыттан барыта 8 оскуола кыттыыны ылла: 7-с, 17-с, 26-с, 31-с, Айыы Кыһата, национальнай гимназия, Хатас, Тулагы. Кэмпириэнсийэҕэ 2 олугунан 23 оҕо, 16 учуутал, 6 салайааччы-эксперт кытынна. Экспертэр үөрэнээччилэр үлэлэрин, талбыт тиэмэлэрэ арааһын, интэриэһинэйин бэлитээтилэр, итэҕэстэри ыйан, сүбэ-ама биэрдилэр. Учууталларга «Төгүрүк остуолга» Павлова Ольга Ксенофонтовна Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна культураларын институтун преподавателэ, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы чинчийэр үлэни салайарга туһаайан иһитиннэрии оҥордо.
1 олук «Олоҥхоһуттары үөрэтии, үйэтитии, олоҥхо научнай чинчийиллиитэ» тиэмэлээх. Экспертэринэн Сатанар Марианна Тимофеевна, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо билим-чинчийэр институтун «Саха героическай эпоһа» сиэктэрин салайааччыта, Львова Сахая Даниловна, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо билим-чинчийэр институтун «Олоҥхо информационнай системата» сиэктэрин салайааччыта, эппиэттээх сэкиритээринэн Осипова Анастасия Михайловна, саха тылын, литературатын учуутала үлэлээтилэр.
II олук «Олоҥхо тылын-өһүн чинчийии» тиэмэлээх. Салайааччы-экспердэр: Борисов Юрий Петрович, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо билим-чинчийэр институтун «Эпическэй нэһилиэстибэ уонна билиҥҥи кэм» сиэктэрин салайааччыта, филологическай наука кандидата, Саввинова Гульнара Егоровна, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо билим-чинчийэр институтун «Олоҥхо тыла» сиэктэрин салайааччыта, филологическай наука кандидата, эппиэттээх сэкиритээр: Семенов Василий Николаевич, саха тылын, литературатын учуутала.
Оҕолор ситиһиилэрэ:
1 олукка – Биһирэбил суругу Попов Кирилл, Попов Ваня (Хатас орто оскуолата) «Систематизация образов олонхо в шахматных фигурах» үлэлэринэн (сал., Иванова Нь.Н.), Кононов Рудольф, Степанов Андрей (7 оскуола) «Электронное пособие олонхо» тиэмэнэн (сал. Петрова Ж.Н.), Соров Тимур ( 26 оскуола) «Мин эһэм - олоҥхоһут» (сал. Пестерева Н.И.) туттулар. 3 миэстэ – Оконушкин Артур ( Хатас орто оскуолата) «Олоҥхо – иитиллэр эйгэ» (сал. Старкова В.Н.), 2 миэстэ – Павлов Айтал (7 оскуола) «С. Васильев олоҥхолоругар сэргэ суолтата» (сал.Антонова Е.Г.), 1 миэстэ – Егасова Мария (7-с оскуола) «Таатта олоҥхоһуттарын туһунан нэһилиэгинэн ыйынньык» (сал. Осипова А.М.) буоллулар.
2 олукка Биһирэбил суругунан Баишева Наталья (11а кыл, ЯГНГ) «Цветоизучение олонхо «Элэс Боотур»» (сал., Никонова Н.Е.), Халыева Айталина (Айыы кыһата) «К.Оросин уонна П.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхолорун ис хоһоонун уонна геройдарын тэҥнээн көрүү, тылын-өһүн ырытыы» тиэмэнэн (сал. Липатова С.А.), Макаров Юрий (17 оскуола) «Русско-якутский иллюстрированный словарь сравнений» (сал. Сивцева С.Д., Тарабукина И.Е) бэлиэтэннилэр. 3 миэстэ – Аввакумов Эрнест (7-с оскуола) «Олоҥхо омуннааһыннарын араастара» (сал. Сорокоумова С.И.), 2 миэстэҕэ – Попова Ярослава (31-с оскуола) «Образ мирового древа в сравнении» (сал.Молукова Л.Ф.) уонна Потапов Марсен (7-с оскуола) «Олоҥхоҕо тэҥнэбил суолтата» (сал. Сорокоумова С.И.), 1 миэстэ – Борисова Лидия (17-соскуола) «Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотугар паараласпыт антонимнар» (сал. Попова М.М.) тигистилэр.
Оҕолор чинчийэр дьоҕурдарын арыйар, олоҥхобутун ырытарга көҕүлүүр учууталларбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Кэлэн кэмпириэнсийэҕэ көхтөөхтүк кыттыбыт, олоҥхону чинчийиигэ баҕалаах оҕолорго, салайааччыларга, экспертэрбитигэр инникитин ситиһиилэри баҕарабыт.
Дьокуускай куорат 7-с нүөмэрдээх орто оскуолата.
Управление образования окружной администрации города якутска
Ранее
-
Восьмой Открытый Региональный чемпионат «Молодые профессионалы» WorldSkills Russia
-
Владимир Якушев: В Якутске есть все перспективы для строительства жилья и создания комфортной среды
-
Минстрой РФ: Якутия — флагман по реализации программы «Формирование комфортной городской среды»
-
Дальневосточный форум «Умный город – комфортная среда для жизни» начинает свою работу
-
Программа дальневосточного форума "Умный город - комфортная среда для жизни" на 27 ноября
-
Применение современных образовательных технологий в урочной и внеурочной деятельности
Комментарии:
Оставьте ваш первый комментарий:
Пройдите авторизацию чтобы оставить комментарий.