Бииргэ үлэлээбит коллегабыт, педагогика билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэрэпиэссэрэ, саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын төрүттээччи, Саха АССР норуотун үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, «Учууталлар учууталлара», «Гражданскай килбиэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэлиэлэр хаһаайына Тамара Ивановна Петрова олохтон туораабытынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ Тамара Ивановна оҕолоругар, чугас дьонугар дириҥ кутурҕанын тиэрдэр.
Тамара Ивановна 90-с сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр национальнай оскуолалары сайыннарыы сылларыгар саха уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар оҕолоро төрөөбүт тылларынан саҥарар, толкуйдуур, үөрэнэр дьоҕурдарын сайдыытыгар дьиҥ кылааттаах, халбаҥнаабат санаатын ханнык баҕарар таһымҥа туруулаһан туран туруорсубут, саҥа үөрэх бырагыраамаларын, учуобунньуктары, босуобуйалары сахалыы тыыннаах буолалларыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит, бэйэтин дьыалатын дириҥник билэр, Саха сирин сайдыытыгар олоҕун анаабыт методист, учуонай.
Бииргэ үлэлээн ааспыт, элбэх ааптары уһуйбут, улаханнык убаастыыр киһибит, учууталбыт Тамара Ивановна, быдан дьылларга быраhаай. Эн сырдык мөссүөнүн сүрэхпитигэр хаалыа, үөрэҕириигэ, сайдыыга анаабыт олоҕуҥ кэлэр көлүөнэлэргэ үйэлэргэ үтүө холобур буолуо.