Ньурбатаа5ы иннтэринээт-дьиэ улэhиттэригэз истин тыллары аныыллар
Варвара Андреевна Петрова аатынан Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр анаан-минээн үлэ-хамнас туһунан билсэ бара сырыттым. Салайааччы Валентина Никифоровна Котоконова интэринээт дьиэ үлэтин туһунан кэпсээтэ.
Валентина Никифоровна 115 куойка-миэстэҕэ 68 үлэһит көрүллэрин туһунан кэпсээнин саҕалаата:
– Биһиэхэ Үлэ, социальнай харалта министиэристибэтин путёвкатынан олороллор: бүгүҥҥү туругунан Сунтаартан – 31, Үөһээ Бүлүүттэн – 18, Ньурбаттан – 51, уопсайа өрөспүүбүлүкэ 18-с оройуоннарыттан манна бааллар. Тыыл бэтэрээннэрэ – 8, үлэ бэтэрээннэрэ – 6, сэрии сылын оҕолоро 30-тан тахсалар. Үлэ бөҕө үлэлээн кэлбит сорох аҕам саастаах дьоммут үлэ бэтэрээнэ дастабырыанньалара суох. 78 доруобуйаларынан хааччахтаах дьонноохпут.
Интэринээт дьиэҕэ үс сэрии бэтэрээнэ Кутанов Илья Михайлович (Маар), Аввакумов Степан Дмитриевич (Чаппанда), Тимофеев Николай Николаевич (Ньурба) олорон ааспыттара. Кыракый музей хоспутугар Кыайыы 75 сылыгар анаан быыстапка тэрийэр санаалаахпыт. Интэринээт дьиэ аһыллыаҕыттан СӨ үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, дириэктэри солбуйааччы Маргарита Ивановна Николаева үлэлиир, маны таһынан, биэс социальнай үлэ туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа Кузьмина Октябрина Прокопьевна, мэдиссиинэ наукатын кандидата Татаринова Валентина Валериановна курдук үтүөлээх быраастар уонна сиэстэрэлэр иккилии буолан симиэнэнэн аҕам саастаах дьону түүннэри-күнүстэри көрөллөр-истэллэр. СӨ култууратын туйгуна Светлана Герасимовна Никифорова култуурунай-маассабай тэрийээччинэн үлэлиир. Сылы этэҥҥэ туораан, Саҥа Дьыл бырааһынньыга ааста. Сунтаар нэһилиэгиттэн улуус баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев салайааччылаах, Үөһээ Бүлүүттэн улуус баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Люция Спиридоновна Тойтонова састааптаах дэлэгээссийэлэр кэлэннэр биир дойдулаахтарын эҕэрдэлээн барбыттара. Интэринээппит кэтэх хаһаайыстыбатыгар 30-ча сүөһү баарыттан, 10-на ыанар ынах. Төрүөх саҕаланна, бу күннэргэ биир ынахпыт төрөөтө. Маны таһынан хаһаайыстыбабытыгар хоруолук иитэбит. Сайынын оҕуруот аһын үүннэрэбит, Сүлэҕэ сир ылан хортуоппуй олордобут. “Изабелла”, ардыгар “Татыйыына” ТК килиэбинэн хааччыйаллар, атын бородуукталарбытын тендер нөҥүө куораттан ылабыт. Сүлэ нэһилиэгэр сайылык сирин ылан, балаҕан тутуутун саҕалаабыппыт, уопсайа уонча балаҕаны туттарар былааннаахпыт. Барыта ситтэҕинэ бу дьиэбит өрөмүөнүн кэмигэр сайылыкка көһөргө былааннанабыт. Урукку мас интэринээт дьиэбит сороҕо ыскылаат буолан турар, гараһын туһанабыт. Олохтоохтор көрдөһүүлэринэн уонна бэйэбит баҕа санаабытынан күнүскү өттүгэр аҕам саастаах дьону тутар дьиэ гынарга былаанныыбыт, – диэн билиһиннэрдэ.
ЛФК кэбиниэтигэр Анисья Борисова, компьютернай хоско Надежда Эверстова, уйулҕа кэбиниэтигэр Лилия Никифорова, бибилэтиэкэ үлэһитэ Григорий Седалищев, массажист Елизавета Прокопьевна, физиокабинет сиэстэрэтэ Александра Николаева, аактабай саалаҕа улуустааҕы Киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кэлэн Кыайыы 75 сылыгар анаан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Зоя Космодемьянская туһунан кэпсии-ипсии олороллоругар түбэстибит.
Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Светлана Комиссарова, 82 саастаах Мария Ивановна Филиппова 2014 сылтан интэринээккэ олороллорун, дьиэ сылааһын, үлэһиттэр дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннаахтарын, иккиэн иллэҥсийдилэр эрэ интэринээт олоҕор көхтөөхтүк кытталларын этэллэр.
Валентина Ивановна Христофорова үс оройуону холбоон улуустар икки ардыларынааҕы Кырдьаҕастар интэринээт-дьиэлэрэ буолуоҕуттан Сунтаартан көһөн кэлбиттэрин туһунан кэпсээнин саҕалаата: “Миигин старостанан анааннар, эбээһинэс ылынан үлэлээн, үрдүкү салалта ыытар үлэтин олохтоохторбор тиэрдэбин.
Туохха наадыйалларын, кыһалҕаларын уопсай сүбэнэн быһааран үлэлиибит. Ньурбалар айыы санаалаах дьонноохтор, сатабыллаах салайааччылардаах буоланнар, сэбиэскэй кэминээҕигэ үлэлээн-хамсаан сылдьыбыт кырдьаҕастары, кыамматтары өйөөннөр, өйдөөннөр салайан-дьаһанан олороллор. Хас биирдии киһиэхэ аламаҕайдык сыһыаннаһар буоланнар, дойдубутун ахтан тутахсыйбатахпыт, олорорго, үлэлииргэ барыта санаа иһинэн. Инники былааммытыгар тыыл, сэрии сылын оҕолоругар анаан кыра брошюра кинигэ таһаарарга ылсыһан үлэлиибит,” – диэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
Дьэ, ити курдук, ис-тас көстүүтэ тупсаҕай көрүҥнээх интэринээт-дьиэ биир күннээх үлэтин кытары билсэммин, манна олорооччулар истиҥ тылларын истэммин сүргэм көтөҕүлүннэ.
Ааптар: Антонина СЕМЁНОВА.
Ранее
-
В Мегино-Кангаласском районе проходит ежегодный отчет Главы района
-
Якутия готовит предложения к правилам любительского рыболовства
-
Дан старт 100-летию системы дошкольного образования Республики Саха (Якутия) в городе Якутске
-
Издан фотоальбом «Мирнинский район – алмазная корона России»
-
Айсен Николаев ответил на вопросы предпринимателей Южной Якутии
Комментарии:
Оставьте ваш первый комментарий:
Пройдите авторизацию чтобы оставить комментарий.