“Дебат технологията – саҥа сүүрээн” семинар туһунан
Бэҕэһээ, тохсунньу 27 күнүгэр, Дьокуускай куорат Саха политехническэй лиссиэйигэр куорат саха тылын, литературатын учууталларыгар анаан “Дебат технология – саҥа сүүрээн” диэн семинар буолан ааста. Бу семинар “Тыыннаах тыл” бырайыак чэрчитинэн сахалыы тыллаах оҕолору хайдах салгыы сайыннарар суолу-ииһи тобулар сыаллаах сахалыы дебаты үөрэх таһынан үлэҕэ киллэрии тула кэпсэтии буолла.
Тэрээһин арыллыытыгар өрөспүүбүлүкэ, бүтүн Россия, аан дойду таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара “Добун” бастыҥ көрдөрүүлээх оҕо ырыа ансаамбылын орто кылаас кыргыттарын “Таптыыбын Сахам сирин” ырыаларын, “Мин тыыннаахпын ийэ тылбынан” диэн лиссиэй үрдүкү кылаас уолаттарын уус-уран ааҕыыларын, Ганя Попов “Табалар” ырыатын кэрэхсээн иһиттибит. Мустубут учууталларга лиссиэй дириэктэрэ Надежда Тимофеева кылгастык оскуолатын сүрүн хайысхатын кэпсээтэ, саха тылын, литературатын учууталларын үлэлэрин сүнньүнэн астынарын эттэ. Үөрэх сайдыытын салаатын начальнига Ульяна Сыроватская мөккүөр технологиятын оскуолаҕа киллэрии тоҕооһун бэлиэтээтэ. Ирина Петрова, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бастакынан дебат технологиятын киллэрсибит ФТЛ история, общество учуутала, дебат оҕо тобуллаҕас толкуйун, ситимнээх саҥатын, булугас өйүн, араас түгэнтэн сөптөөх суолу тобулар дьоҕуру сайыннарарын туһунан дириҥник арыйан кэпсээбитин бары да сэргээн олорон иһиттибит. Маны таһынан биһиги эдэр коллегабыт, сахалыы дебат биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр киирэригэр сыралаһан үлэлии сылдьар Александр Парфенов дебат технологиятыгар дьиҥ энтузиаст-учуутал эрэ ылсан үлэлиэн сөптөөҕүн этэн туран, салгыы хайдах учууталлары, оҕолору үөрэтиэххэ сөптөөҕүн быһаарда.
Онон мустубут учууталлар бары да бу аныгы олох ирдэбилигэр толору эппиэттиир саҥа технологияны баһылыырга баҕалаах, инникигэ сыаллаах, аны барыллаан олунньу 26 күнүгэр №2-дээх орто оскуолаҕа технология албастарыгар үөрэтэр семинар буоларыгар болдьоһон тарҕастыбыт.
Дьокуускай к. саха тылын уонна литературатын учууталларын холбуһуга.
Управление образования окружной администрации города якутска
Ранее
-
IT-отрасль — в сёла. В Верхневилюйском улусе заработал проект «Мобильный технопарк»
-
Айсен Николаев поручил выплатить участникам войны по 100 тысяч рублей ко Дню Победы
-
Туристы из Саудовской Аравии прибыли за морозами в Верхоянье
-
Первым замминистра предпринимательства, торговли и туризма назначен Максим Карбушев
-
На горячей линии Центра «Мой бизнес» расскажут, как получить землю и помещение для бизнеса
-
Дальний Восток получит почти 26 млн рублей по «Единой субсидии»
-
Занятия в Международной арктической школе начнутся в сентябре
-
Региональный этап V Всероссийской олимпиады по 3D технологиям
Комментарии:
Оставьте ваш первый комментарий:
Пройдите авторизацию чтобы оставить комментарий.